Хоһоон//Өксөкүлээх сэргэ: хоһооннор/ Иван Гоголев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- с413

ХОХОЧОЙ

Сырылас тьтмныылаах дьиппиэр күн этэрээт

Сыарҕаҕа олорон походка барбыта,

«Үөрүүнэн эргиллээр өстөөххүн өһүөннээт!»

Кырдьаҕас Бүлүүбүт далбаатыы хаалбыта.

Ат тыына бурҕаҥныыр,

Этэрээт айанныыр,

Эдэркээн эрэттэр

Өлүү баар диэбэттэр.

Хохочой сис тыата барыаран турара,

Хас лабаа хоонньугар алдьархай саһара,

Саа тыаһа соһутта түҥ ойуур им-дьимин,

Оо, буулдьа, харыстаа эдэр дьон сүрэҕин!..

Харыстыа дуо буулдьа?

Хаантан хаар кытарда,

Ийэ сир, бырастыы,

Эдэр саас, бырастыы!..

 Уон сэттэ комсомол кэриэһин ытыктаан

Дьон тохтоон ааһаллар Хохочой тыатыгар,

Үтүө аат хаһан да өлбөтүн туоһулаан

Ол онно боростуой обелиск кылбайар.

Хохочой, Хохочой,

Оо, санньыар Хохочой!..

Чэлгийэр сандал саас,

Чэчириир эдэр саас!

Loading